МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ.И.И.АРТАМОНОВА"

Делегацияны керсуьуу

Сэтинньи 13 күнүгэр Найахы сиригэр «Симэхтэр» түмсүү кэллэктиибигэр Мэҥэ — Хаҥалас Төҥүлүтүттэн «Абылаҥ» коллекционердар түмсүүлэрэ ыалдьыттаатылар.
«Симэхтэр» түмсүү (сал. Чукрова Г.А.) ыалдьыттары истиҥник көрсөн, нэһилиэк үлэтин-хамнаһын, култууратын сырдаттылар, санаа атастастылар, элбэҕи ирэ-хоро кэпсэттилэр. Ону таһынан иистэрин быыстапкатын туруоран сэҥээриини ыллылар. Коллекция арааһын атастастылар, опыттарын үллэһиннилэр.
Кэлбит ыалдьыттар иистэнньэрбит ситиһиилээх үлэлэрин көрөн, сөҕөн, олохтоох краеведческай музей дириҥ ис хоһоонноох историятын, анал байыаннай дьайыыга күүстээхтик үлэлии олорор «Күн эйэ» волонтердарбыт үтүө дьыалаларын, култуура дьиэтигэр сылдьан С.Г.Васильев тэрийбит хорун историятын, кулууп үлэтин сэргии иһиттилэр, сэргээтилэр, астыннылар. Олус сэргэхтик олорор эбиккит диэн бэлиэтээтилэр.
Ону таһынан бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын сырдаттылар, билиһиннэрдилэр.

И.И.Артамонов аатынан Найахы сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта А.С.Гаврильева