МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ.И.И.АРТАМОНОВА"

Кулэр Кун

Сэтинньи 5 күнүгэр И.И. Артамонов аатынан Найахытааҕы сынньалаҥ кииҥҥэ түөрт нэһилиэк холбоһуктаах «Күлэр күн» диэн көр-күлүү киэһэтэ буолан ааста.
Найахы дьонугар-сэргэтигэр көр-күлүүнү бэлэхтээтилэр «Сээркээн»(Уһун-Күөл), «Бээди бэтиэхэлэрэ»(Бээди), «Дьэргэлгэн»(Хомустаах ), «Көр-нар»(Найахы) бөлөхтөрө. Истиҥ , сэргэх ырыаларынан кэнсиэри киэргэттилэр Анна Бечеканова, Эдуард Марков, Арсен Кривошапкин.
Көр-күлүү бөлөхтөрө бииртэн биир күлүүлээх нүөмэрдэри, сценкалары көрдөрөн көрөөччүнү сэргэхситтилэр.
Уопсайа кэнсиэргэ 28 киһи кыттыыны ылла.
Көр-күлүү жанрын өрө туппут Найахы сынньалаҥ киинин коллектива талааннаах кэллэктииптэри түмэн, сомоҕолоон иккис төгүлүн маннык өрө көтөҕүүлээх, дьону үөрдэр, күллэрэр бырайыак-кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытта.
Олоҕу таптаан, үөрүн-көтүҥ, куруук мичээрдии сылдьыҥ!