МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ.И.И.АРТАМОНОВА"

Тумэр кун

ТҮМЭР КҮН БЫРАЙЫАК САЛГЫЫ АЙАННЫЫР

Сэтинньи 19 күнүгэр спортзаалга И.И.Артамонов аатынан Найахы сынньалаҥ киин бырайыагынан тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллар «Түмэр күн» тэрээһини 5 с күрэҕинэн иилээн-саҕалаан нэһилиэк «Тиит Буурай» ыччат түмсүүтэ (сал. Бочкарев Н. С.) ыытта.
Ыччаттар бэрт интириэһинэй көрүҥнэрдээх күрэҕи толкуйдааннар хамаандалары, көрөөччүлэри сэргэхситтилэр. Тэрээһин ыытыытыгар кэлэр ыччаты чөл олоххо тардан, нэһилиэк спортивнай олоҕор сыһыаран оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрин кытыннардылар.
Күрэхтэһии түмүгүнэн
3 миэстэ ыччат түмсүүтэ, 2 миэстэ оскуола кэллэктиибэ уонна элбэх бааллаах балыыһа/баһаарынай чаас холбоһуктаах хамаандата 1 миэстэни ылары ситистилэр.
Кыттааччылар ыччаттар бэлэмнээбит анал дипломнарынан, минньигэс тордунан наҕараадаланнылар.
«Түмэр күн» бырайыак бүтэһик түмүктүүр тэрээһинин нэһилиэк тэрилтэлэрин сомоҕолоон тэрийэн ыытыаҕа олохтоох балыыһа уонна баһаарынай чаас тэрилтэлэрэ.
Бырайыак уопсай сылы быһа ыытыллыбыт түмүгүнэн ханнык тэрилтэ кыайыылаах тахсара сотору кэминэн биллэрэ күүтүллэр.