МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ.И.И.АРТАМОНОВА"

Уус-Алдан култууратын бэтэрээннэрин керсуьуутэ

Кулун тутар 19 күнүгэр, Россияҕа бэлиэтэнэр култуура үлэһиттэрин күнүн көрсө, культура управлениетын, культура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун кэмитиэтин тэрийиилэринэн Бороҕоҥҥо бэтэрээннэр көрсүһүүлэрэ буолан ааста.Найахы сынньалан киинин бэтэрээннэрэ Саха Республикатын култууратын, уерэ5эриитин туйгуна Лебедкина Мария Васильевна уонна Яковлев Михаил Тимофеевич кыттыыны ыллылар.А5ам саастаах убаастыыр дьоммут саҥа үлэлээн эрэр эдэр салайааччыга бэйэлэрин баҕа санааларын, этиилэрин эттилэр.Көрсүһүү түмүгэр Уус… (читать далее)

ОҔО СЫЛЫНАН «АЙ ТАЛААН КУО» КҮРЭХ

Кулун тутар 18 күнүгэр Найахы сынньалаҥ киинигэр кырачаан кыргыттарга «Ай талаан Куо» кыраһыабай буолуу уонна талаан бырааһынньыга Оҕо сылыгар ананан бэрт сэргэхтик ааста.Ол курдук күрэххэ 7 сааһыттан 10 диэри уопсайа тоҕус кэрэчээн кыргыттар кыттыыны ыллылар.Күрэх түөрт түһүмэҕинэн ыытыллан кыргыттар бука бары анал аакка тигистилэр.Ай талаан Куо — Сайнаара Фомина, Туйгууна Куо — Аделя Акакиева, Күн… (читать далее)

УМНУЛЛУБАТ ИС СҮРЭХТЭН КЭНСИЭР

Кулун тутар 11 күнүгэрАан дойду дьахталларын күннэринэн, саас маҥнайгы бырааһынньыгынан Найахыбыт бука бары кэрэ аҥардарын, ийэлэрбитин, кыргыттары нэһилиэк эр дьонун аатыттан истиҥник эҕэрдэлээн киэҥ көхсүлээх дурда-хахха буолар эр дьоннорбут сүрдээх үчүгэй, истиҥ, ураты бырааһынньыктааҕы ИС СҮРЭХТЭН эҕэрдэ кэнсиэри бэлэх ууннулар.Кэнсиэри эдэр эрчимнээх , уоттаах-күөстээх уолаттарбыт Дьулустан Гаврильев,Петр Слепцов, Афанасий Новоприезжай иилээн-саҕалаан бэрт сэргэхтик ыыттылар.Уопсайа 32… (читать далее)

НАЙАХЫГА ҮҤКҮҮ ТҮҺҮЛГЭТЭ ТҮСТЭННЭ

Кулун тутар 3 күнүгэр сандал сааһы көрсө Найахы сиригэр Дьиэ-кэргэн сылынан, «Күбэйэ» үҥкүү ансаамбыла 15, «Чэлгийээнэ» 5 сылларынан, СР култууратын туйгуна, үҥкүү коллективтарын салайааччыта, хореограф Гаврильева Алена Васильевна култуура эйгэтигэр айымньылаах үлэтэ 30 сылынан төрдүс төгүлүн ыытыллар «Талба хотун» аһаҕас үҥкүү күрэҕэ үрдүк таһымҥа буолан ааста.Үҥкүү түһүлгэтигэр Уус-Алдан, Амма, Нам, Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас, Эдьигээн улуустарыттан үҥкүү… (читать далее)

Практическая часть семинара

Практическая часть семинара по Пушкинской карте для работников культуры Усть-Алданского улуса. Прошли курс по оформлению событий участвующий в программе Пушкинская карта в цифровой платформе Pro культура.

Семинар для руководителей и специалистов учреждений культуры Усть-Алданского улуса

Сегодня 28 февраля в офисном центре с. Борогонцы проходит семинар для руководителей и специалистов культурно-досуговых учреждений улуса. На семинаре приняли участие специалисты республиканского Дома народного творчества и социально-культурных технологий Министерства культуры и духовного развития РСЯ. С анализом деятельности КДУ улуса за 2023 год выступила заведующая отделом информационно-методической деятельности Анастасия Кутугутова. С изменениями в законодательстве сфере… (читать далее)

«Мүрү үҥкүүлүүр» үҥкүү күрэҕэ

Улууспутугар икки күннээх «Мүрү үҥкүүлүүр» II өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх олус тэрээһиннээхтик, үрдүк таһымҥа ааста.Былырыын өрөспүүбүлүкэбитигэр аан бастаан тэриллибит Уус-Алдан улууһун хореографтарын түмсүүтэ тэриллибитэ 25 сылыгар аналлаах үбүлүөйүн көрсө «Мүрү үнкүүлүүр» Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыытыллыбыта. Быйыл иккис сылыгар Абыйтан, Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Дьокуускайтан, Хатастан, Уус-Алдантан уопсайа икки күн устата оҕолорго 27 коллектив 389 оҕо, улахан дьоҥҥо 21… (читать далее)

Найахылар өссө биирдэ сомоҕолостулар

Найахы нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт «ТҮӨЛБЭМ МИЭНЭ» уус-уран самодеятельность көрүүтүн кэнсиэрэ бэрт сэргэхтик, үрдүк таһымҥа ааста.Уопсайа кэнсиэргэ 149 киһи кыттыыны ылла, 28 нүөмэр сыаналанна.Түөлбэлэр олохтоохторо бары көхтөөх кыттыыны ыллылар. Бүгүн сыанаҕа эдэрдиин, кырдьаҕастыын бары тэҥҥэ ыллаатылар, үнкүүлээтилэр. Бииртэн биир үчүгэй ырыа ансаамбыллара , үҥкүү бөлөхтөрө тэриллэн дьоһун түһүлгэни түстээтилэр.Сыанаҕа бастакытын тахсыбыт артыыстарбытын, көрбөтөх үнкүүһүттэрбитин,… (читать далее)

Үтүө көрсүһүү

Олунньу 7 күнүгэр Найахы нэһилиэгэр Уус-Алдан улууһун Арассыыйа дьахталларын уопсастыбаннай түмсүү хамсааһынын бэрэссэдээтэлэ коллегаларын кытта кэлэн анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саллааттарга анаан таҥас тигиитигэр көхтөөх үлэ, маастар-кылаас ыыттылар. Нэһилиэк далбардара биир санаанан ылыстылар.Балаҕан дьиэҕэ остуол тула олорон улэлэрин туһунан кэпсээтилэр, ол кэннэ араас темаларга аһаҕас кэпсэтии ыыттылар, боппуруостарга эппиэттээтилэр.Эбиэттэн киэһээ биирдиилээн дьону кытта уйулҕа… (читать далее)