МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ.И.И.АРТАМОНОВА"

Сахабыт сиригэр — саргыбыт сайыннын!

Уус-Алдаҥҥа ырыа түһүлгэтэ кэрэ аҥардары түмтэ.

Сэтинньи 5 күнүгэр
В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар
“Сахабыт сиригэр – саргыбыт сайыннын!” түөрт илиҥ эҥэр улуустарын бастыҥ дьахталларын ырыа ансаамбылларын холбоһуктаах сомоҕолоһуу кэнсиэрэ буолан ааста.
Кыттыыны ыллылар

  • Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕиттэн “САҺАРҔА”, Табаҕаттан “АЛГЫС”,
  • ⁠Чурапчы улууһун Дириҥиттэн “АЛААС КЫРГЫТТАРА”,
  • ⁠Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгин Сэргэ Бэс дэриэбинэтиттэн “ТУЙААРА”,
  • ⁠Уус-Алдантан Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын “ДАЛБАР ХОТУН” уонна наһаа нарын тойуктаах Найахыбыт сириттэн “НАЙАХЫЫНА” ырыа ансаамбыллара.
    Кэнсиэри киэргэттилэр улуустартан эр дьон талааннаах ырыаһыттара.
    Амматтан биир дойдулаахпыт, Найахыбыт уола СР үтүөлээх артыыһа Александр УШНИЦКАЙ истиҥ ырыатынан биир дойдулаахтарын астыннарда .
    Илин эҥэрдэри биир түһүлгэҕэ түмэр — аан бастакытын ыытыллыбыт саҥа, сонун тэрээһин улууспутугар ырыа дьикти дьүрүскэнин куустарда.

Добавить комментарий