Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр пионер хамсааһына тэриллибитэ 100 сылынан Найахыбыт нэһилиэгин араас көлүөнэ барыта эрэ мустар кэрэ сиригэр Хорууга 60-70-80 сыллар пионердара мустан бэрт сэргэх , өйдөбүнньүк тэрээһини ыыттылар.
Тэрээһин өрө көтөҕүүлээх торжественнай линейканан саҕаланна.
Урукку кэм курдук Пионерскай былаах киириитэ, рапорт туттарыыта, отрядтарынан речевка ааҕыыта, девиз этиитэ, ырыа ыллааһына толоруллан оҕо сааһы барыбытыгар санатта.
Билиҥҥи ыччаты пионерга ылыы үөрүүлээх түгэнэ буолла, кыһыл хаалтыһы бааннылар.
Горн, барабан тыаһа тэрээһини өссө киэргэттэ.
Торжественнай линейка кэннэ минньигэс арыылаах килиэптээх, алаадьылаах, итии чээйдээх, минньигэс астардаах күөх хонууга тэлгэнэн олорон ааспыт оҕо саас кэмнэрин, пионер түгэннэрин ахтыы буолла.
Ол кэннэ ветераннарбыт бэлэмнээбит араас интириэһинэй оонньууларын оонньоон, сэргэхсийэн, кыайыылаахтар илии тутуурдаах бириистээх тарҕастылар.
Күндү пионердар олоххо куруук БЭЛЭМ БУОЛУҤ!