Муус устар 29 күнүгэр Найахы сынньалаҥ киинигэр Аан дойдутааҕы үҥкүү бырааһынньыгын көрсө оҕо-аймахтан саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ үҥкүү түһүлгэтин түстээтилэр.
Ол курдук «Чэчир» оҕо саадын кырачаан үҥкүүһүттэрэ кэнсиэри олус диэн киэргэтэн көрөөччү дохсун ытыс тыаһын ыллылар.
Улууска, Өрөспүүбүлүкэ ыытыллар куонкурустар хас да төгүллээх кыайыылаахтара, лауреаттара «Күбэйэ» уонна «Чэлгийээнэ» ,»Эрчим» үҥкүү коллективтара сонун саҥа үҥкүүлэринэн көрөөччүнү үөртүлэр.
«Көлүкэчээн», «Долун» оҕо үҥкүү бөлөхтөрө төрүт дорҕоон музыка доҕуһуоллаах үҥкүүлэринэн, оскуола алын уонна орто сүһүөҕүн кылаастарын кыргыттара ураты үҥкүүлэринэн төрөппүттэри, көрөөччүнү астыннардылар.
Үҥкүү күнүн нэһилиэк түөлбэлэрин үҥкүүһүттэрэ сыананы биир гына элбэхтэринэн, сонун хамсаныыларынан бырааһынньыгы киэргэттилэр.
Үгэскэ кубулуйбут кэнсиэр үҥкүүлэрин туруордулар, бэлэмнээтилэр «Чэчир» оҕо саадын иитээччилэрэ Гуляева В.М., Местникова В.П., Стрекаловская А.В., сынньалаҥ киин хореографтара Гаврильева А.В., Миронова Нь.Н., култуураҕа өр сылларга хореограбынан үлэлээбит Лебедкина М.В.
Уопсайа үҥкүү түһүлгэтин кэнсиэригэр 10 коллектив, 94 үҥкүүһүт кыттыыны ыллылар.